Презентация - "Презентация к докладу Васильевой Олеси "Образ воды в фольклоре якутского народа""
- Презентации / Другие презентации
- 0
- 07.09.24
Просмотреть и скачать презентацию на тему "Презентация к докладу Васильевой Олеси "Образ воды в фольклоре якутского народа""
«Нам улууһун үөрэҕин управлениета” муниципальнай тэрилтэ
Н.С. Охлопков аатынан Нам улууһун гимназията
Уу арааһын бэлиэтиир тыллар
Васильева Олеся,
7 кылаас үөрэнээччитэ
2022 с.
Биһиги Сахабыт сирэ олус кэрэ көстүүлээх, элбэх баайдаах. Ол курдук кэрэ тыата, элбэх уута… Биһиги дойдубутун олус таптыыбыт уонна киэн туттабыт. Саха сирин кэрэ көстүүтэ ырыаҕа ылланар, хоһооҥҥо хоһуллар. Киһи олоҕор улахан суолталааҕын бары билэбит. Уута суох – олох суох. Онтон биһиги күннэтэ иһэр, аһыыр уубут туһунан билиибит – көрүүбүт тутах, ууну араастаан ааттыыр тыллары туттубат эбиппит. Ол иһин мин «Уу арааһын бэлиэтиир тыллар» диэн ааттаан чинчийэр үлэни суруйдум.
Сыала: Уу арааһын бэлиэтиир тыллар суолталарын, үөскээбит төрүттэрин, туттуллууларын быһаарыы.
Сорук:
Уу арааһын бэлиэтиир тыллары хомуйуу
Норуот уус – уран айымньытыгар туттуллар тыллары хомуйуу
Актуальноһа: Саха тылын баайын билэр, баһылыыр уустугунан, үөрэнээччи тылы – өһү билэригэр олук ууруу.
Сабаҕалааһын: Төрөөбүт тыллаах киһи бигэ силистээх буолар
Үлэ чинчиллэр объега: Уу арааһын бэлиэтиир тыллар
Чинчийии ньымата: Кылгас тылдьыт оҥоруу, тэҥнээһин.
Үлэ практическай суолтата:Төрөөбүт тылы үөрэтэн, сатаан туттар – туһанар буолуу, тыл саппааһын байытыы, тыл үөскээбит төрдүн үөрэтии.
Ууну тоҕо араастаан ааттыылларын, бу тыллар тугу бэлиэтииллэрин, ханнык тылтан төрүттээхтэрин билээри, тылдьыттартан, араас литератураттан ууну ааттыыр тыллары буллум. Булбут тылларбын үөрэттим, ууга сыһыаннаах норуот уус – уран айымньытыгар туттуллар тыллары хомуйдум.
Уу арааһын бэлиэтиир тыллар.
Тас уулар. Ол – бу элгээннэртэн, сүлбэлэртэн, таас уулартан үөскүүр уу.
Сис уулара. Ыраах суола – ииһэ суох сирдэргэ баар дүөдэлэр, сискэ баар күөллэр.
Сотүөлүүр уу. Чугас эргиннээҕи оҕо-уруу, улахан даҕаны дьон киирэн суунар-тараанар, ырааһырар, сынньанар уулара.
Аһыыр уу. Дьиэ таһыгар баар, киһи да, сүөһү да уулуур уута.
Ийэ уу. Хаһан да уолбат, дириң, ыраас, олохтоох уу.
Кыстыыр уу. Хайдах да тымныы дьылга дөйө тоңмот, быстыбат уу.
Силис уута. Ойуур тоңо ирбититтэн тахсар уу. Кини биһиги үрэхтэрбитин сайын устатыгар уунан хааччыйар. Силис уута баар буолан биһиги үрэхтэрбит хайдахтаах да кураансайын быстыбаттар.
Буордаах уу. Сайын ортотугар өрүс уута буорданар. Ону олохтоох дьон «булуус сыылбыт», эбэтэр «курун уута киирбит» дииллэр. Буордаах уу тыа булууһа, чэңэ, мууһа сыылбытыттан кэлэр.
Мас атахтаах уу. Yрэх халдьаайытыттан харатыатыгар тиийэ үрдүк хочолору, кырдаллары килэччи ылбыт уу. Ити курдук өрүс уута үрдүк кытыллары, арыылары, талаҕы үрдүнэн охсон ааһарын эмиэ этэллэр.
Орто ходуһа уута, урдук ходуһа уута.
Өрүс халаана ходуһа, бааһына сирин төһө улаханнык ыларын көрөн этэллэр. Өрүс арыыта, кытыла барыта уу анныгар хаалар улахан халаана кэллэҕинэ, « үрдүк ходуһа уута кэлбит» диэн буолар.
Хара уу. Монгол тыллаах омуктарга «хара» диэни сороҕор элбэх, дэлэй диэн суолтаҕа тутталлар. Көмүөл мууһа ааспытын кэннэ иккис түһүмэхтээн кэлэр тыа хаарын уутун итинник ааттыыллар.
Кэлэр – барар уу. Хоту муора кытылыгар олохтоох дьон далай уута өрө көбөрүн – уостарын ааттыыллар.
Уу быьыытын бэлиэтиир тыллар:
Элгээн – өрүс, үрэх кытыытыгар баар уһун синньигэс күөл.
2. Күөл - тогуруччу хонуулаах, сүүрүгүрбэт, хонуу, ходуһа, сыһыы, толоон сир уута.
3. Көлүйэ ( колуччэ) – кыра күөл.
Дүүдэ – ойуур – тыа иһигэр баар, талах, от тулалаах кыра уу.
Маар ( мараңда) – тыа ортотугар дулҕалаах, муохтаах, ыарҕалаах, талахтаах, сииктээх сир.
Алынах ( аңалах) – талахтаах, дулҕалаах уулаах сир.
Эбэ – улахан, ытыктанар күөл, өрүс.
Тыымпы – хара маһыттан ыла уулаах күөл.
Ойбон – кыһын ынах сүөһү, сылгы уулуур, иһэр уу ылыллар сирэ.
10. Чүөмпэ – күөл эбэтэр үрэх саамай дириңиир сирэ.
11. Чөнөрө – эмпэрэ түһүүлээх, дьоҕус иэннээх дириң сир.
12. Өрүс – сүүрүктээх, элбэх уулаах, муораҕа эбэтэр улахан өрүскэ түһэр уу.
13. Yрэх – өрүскэ түһэр салаа.
14. Yрүйэ, үрүччү – сыккыстаан сүүрүгүрэр кыракый уу.
15. Сүлбэ – өрүс, үрэх сүүрүгүрэр сирэ.
16. Сыккыс – кыра сүүрүктээх уу.
17. Дьүүктэ – сир анныттан тыган тахсар уу.
18. Сиикээн – ойуур иһигэр баар сииктээх хотоол сир.
19. Тымыр – барбах сүүрүгүрэр кыра уу.
Уу туһунан таабырыннар:
Орто дойдуга тыынар дууһаҕа туох да аһара минньигэс баар уһу.
Тыына сиик, суорҕана туман, тэллэҕэ сиэркилэ баар уһу.
Ытыска туттуллубат, илиигэ биллибэт баар уһу.
Бастар бараммат баар уһу.
Атаҕа суох суурэр, кыната суох көтөр баар уһу. ( уу уонна туман)
Ийэттэн төруур, ийэтин төрөтөр баар уһу. ( уу уонна хаар)
Быс да быһыма, быстыбат баар уһу.
Ууттан тахсыбат ( баҕа)
Ууттан ситимнээх сомоҕо домохтор:
Ууга тааһы бырахпыт курдук – букатын сүппүт.
Ууга түстэххэ орооспот сыганныылар – тус-туспа үөскээбит буолан бэйэ-бэйэлэрин билсиспэт аймахтыылары күлүү гынан этэллэр.
Ууга-уокка түс – олус ыксаа, тиэтэй.
Уу да ылбат, уот да сиэбэт – туохха да кыайтарбат, хотторбот.
Ууну охсон баҕаны куттааһын – кыранан куттуу сатаан суоһарҕаныы.
Уу диэбитэ хаар, хаар диэбитэ уу – сымыйаччы киһи.
Ууну испит сылгы курдук – олус улаханнык тоңмут, титирээбит.
Уу кыһыл оҕо – саҥа төрөөбүт оҕо.
Уулааҕынан-хаардааҕынан көрөн – ытамньыйар, уйадыйар.
Уу иһэ олорон хайгыыр – олус үлүһүйэн туран хайгыыр.
Ууну көрбөтөх ураанайга дылы – солуута суох сонумсах киһи.
Ууну омурдубут курдук – саҥата суох.
Уу көспүт суолтата:
Уу саха – дьиҥнээх саха.
Ууһут ат оломун курдук – киһи тылын ылынымтыа, үүннээх – тэһииннээх киһи.
Уута көппүт – утуйар баҕата көппүт.
Уутугар аңаарыйбыт – ситэ утуйбатах, утуктуу сылдьар.
Уу – хаар сырыытын сылдьыбыт – халтайга, туһата суох сылдьыбыт.
Уу – хаартыллаах – дьоһуна суох тыллаах.
Уу чуумпу – кыра да тыала суох чуумпу.
Уутугар – хаарыгар киирбит – тартарбыт, үлүһүйбүт.
Уу хараҕынан көрбүт – дьиҥ чахчы көрбүт.
Ууга сыһыаннаах өс хоһоонноро:
Уу тэстибэтин курдук.
Утаттахха уу да минньигэс.
Уу чугаһа, уруу ырааҕа ордук.
Уу да ылбат, уот да сиэбэт.
Үрдэ үүт, анна адьыр уу.
Уот сиэбитин, уу илпитин курдук.
Баайга биэрэр кумахха ууну кутар курдук.
Баай саңата уу күүһүн курдук.
Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ.
Ойуурдаах куобах охтубат, уулаах балык аппат.
Түмүк:
Уу арааһын бэлиэтиир тыллары түмэн, ырытан баран, маннык түмүккэ кэллим: 1.Наардааһын, бөлөхтөөһүн түмүгэр:
Уу суолтатын быһаарар тыллар - 32
Уу туһунан таабырыннар- 8
Уу туһунан өс хоһоонноро- 35
Уу туһунан сомоҕо домохтор - 7
Уу арааһын бэлиэтиир тыллары үгүстүк тутталлар эбит
Төрөөбүт тыл төрдүн – ууһун үөрэтии киһиэхэ элбэх билиини биэрэр эбит.
Төрөөбүт тылым баайын, киэҥин өйдөөтүм
Инникитин төрөөбүт тылбын өссө хасыһан үөрэтэр, бэйэм нэһилиэкпэр баар күөллэри чинчийэн үөрэтэр былааннаахпын.