Презентация - "Конкурсные работы учащихся "Увековечь память солдата"."
- Презентации / Другие презентации
- 0
- 07.09.24
Просмотреть и скачать презентацию на тему "Конкурсные работы учащихся "Увековечь память солдата"."
Конкурс «Увековечь память воина-земляка»
Проектная работа учащихся 7б класса МБОУ «Намская улусная гимназия имени Н.С.Охлопкова»
Тема: «Мы - наследники Великой Победы»
Цель проекта: увековечить память о родных и близких, принимавших участие в Великой Отечественной войне
Задачи: 1. сбор материала о членах своей семьи, принимавших участие в Великой Отечественной войне
2. Расширение знаний о семье и родственниках, принимавших участие в Великой Отечественной войне
3. Изучение памятников в населенных пунктах, посвященных воинам Великой Отечественной войны, определение смысловых рядов, связанных с фамилиями на памятнике погибшим в Великой Отечественной войне
Результат поисковой работы:
создание брошюры о ветеранах Великой Отечественной войны «Книга Памяти»
оформление композиционного стенда, отражающего результаты проделанной работы, в музее села или учебном заведении
исследовательские работы, посвященные ветеранам Великой Отечественной войны.
Поисковая работа по проекту начата в сентябре 2017 года и посвящена 75-летию Победы. В течение учебного года учащиеся 7б класса изучали материалы о членах своей семьи, принявших участие в Великой Отечественной войне. Работа велась по двум направлениям:
Воины Великой Отечественной.
Дети - герои тыла.
Маршрутный лист: поисковая работа охватывает те населенные пункты Намского улуса, откуда приехали учиться ученики данного класса
Конечный результат поисковой работы класса - май 2020 года к 75-летию Победы.
Результаты проделанной работы:
Жиркова Дайаана үлэтэ. Хос эһэм Яков Павлович Жирков - уот сэрии кыттыылааҕа.
Яков Павлович Жирков 1898 сылга Уус–Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ ортоку оҕонон күн сирин көрбүтэ. 1942 с. от ыйыгар армияҕа ыҥырыы бэбиэскэ туппута. Ити сыл Арбынтан 100-тэн тахса киһи барбыта. Итиччэлэргэ 44 сааһыгар үктэммит, аҕамсыйа барбыт киһи этэ. Түөрт оҕотун, иэримэ дьиэтин хаалларан ийэ дойдутун көмүскүү аттаммыта.
Сэрии толоонугар бэргэн ытааччы быһыытынан биллибит. Ону «1942 с. бэс ыйыттан 1944с. бэс ыйыгар диэри 1243 –с стрелковай полка стрелога» диэн докумуоннар туоһулууллар. 1943с. бааһыран госпитальга киирбитин туһунан сурук кэлбит. Уопсайа сэриигэ сылдьан биэстэ бааһыран кыа хаанын тохпут.
Яков Павлович Советскай Союз территориятын босхолоһон, Чехословакияны ыраастаһан, Германияҕа тиийэн Берлин куоракка Кыайыы кытыастар кыһыл былааҕын ыйаспыта. Сэриигэ хорсун, бойобуой сырыытын бэлиэтэ алта мэтээли түөһүгэр кылырдата иилинэн кэлбитэ буолар. «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Кенисбери ылыы иһин», «Праганы босхолооһун иһин», «Берлини ылыы иһин», «Германияны кыайыы иһин». Ити барыта Яков Павлович сэрииттэн илдьэ кэлбит наҕараадалара. Биэс төгүл бааһыран, хаанын тоҕон ылбыт бойобуой алта мэтээлэ билигин улуус музейыгар үйэ – саас тухары уурулла сыталлар.
2. Иванова Настя үлэтэ. Мин хос эһэм Павел Алексеевич Иванов - саха саллаата, герой аҕа.
Мин хос эьэм Иванов Павел Алексеевич 1908 с. Сунтаар улууһун Дьаархан нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбутэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, младшай сержант, отделение командира этэ. Сэриигэ барарыгар 33 саастааҕа. Биир сыл үөрэнэн баран 1942с ахсынньы ый 14 күнүгэр Калининскай уобаласка Калинин куорат таһыгар кыргыһыыга бастакы сүрэхтэниитин барбыта, манна кини пулеметнай взводка пулеметчигынан сылдьыбыта. Бу кыргыһыыга ыстыыгынан киирсиигэ өстөөх 5 саллаатын сууһаран тыыннаах хаалар, командованиеттан бастакы махталын ылар. Сарсыныгар ыараханнык бааһыран госпитальга киирэр. Сыл аҥара эмтэнэр. Ол кэннэ 51–с Армия 9-с полкатын састаабыгар киирсэн Украинаны босхолоһорго кыттар. Иккис махталын Николаевка куораты босхолуурга ылбыта. Крым тумул арыытын босхолоспута. Оборонаҕа сытан разведкаҕа кэлбит 15 фашиһы ручной пулеметунан кырган 1944с муус устар 11 күнүнээҕи Үрдүкү Главнокомандующай бирикээһинэн «За отличные боевые действия при прорыве сильно укрепленной обороны противника на Перекопском перешейке объявляю благодарность» диэн 1.379 № дээх стрелковай бэчээттээх махтал суругу тутар.
Ити курдук 4-с Украинскай фронт муус устар 8 кунугэр күүстээх артиллерийскай ытыалааһын эрэ кэннэ Перекоп уонна Сиваш оборонительнай линиятын тоҕо көтөн Крым түгэҕин диэки өстөөҕү үүрбүтэ. Муус устар ыйга Севастополь куораты босхолооһуҥҥа ыарахан кыргыһыы Сапун хайаҕа буолбута. Ити хайа иһин охсуһуу 9 чаас барбыт. Бастакы сопканы ылыыга 3 пулеметнай точканы суох оҥорон ССРС Үрдүк Сэбиэтин Президиумун ыйааҕынан «Кыһыл сулус» орденынан наҕараадаламмыта. Иккис сопканы ылыыга 2 пулеметнай точканы уонна 21 фашиһы суох оҥорон «Слава III степени» орденынан наҕараадаламмыта. 1944 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр Севастополь куорат босхолонуутугар анаммыт салют үөрүүтүн үллэстибитэ, сүрэҕэр умнубаттык хаалбыта. Прибалтийскай фронт иккис гвардейскай Армиятын састаабыгар киирсэн Кенигсберг куораты өстөөхтөн босхолооһуҥҥа сэриилэспитэ, «Кенигсберг куораты ылыы иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Ол кэннэ Гермау куораты босхолооһун иһин «Хорсунун иһин» мэтээллээх. Бу кыргыһыыга 3 пулеметнай точканы уонна 50-чэ өстөөх фашиһын суох оҥорон бу наҕараадаҕа түспүтэ. Мэтээлин Прибалтийскай фронт командующайа Армия генерала И.Х Баграмян туттарбыт. Пиллау диэн Балтийскай муора кытыытыгар турар портовай куораты босхолоһон баран радионан Берлини ылбыттарын, Кыайыы буолбутун истибитэ. Дойдутугар этэннэ эргиллэн кэлбитэ.
Наҕараадалара:
Орденнара: 1) «Кыһыл Сулус» 2) «Слава 3 степени» 3) «Знак Почета»
Медаллара: «За Отвагу», «За взятие Кенигсберга», «Кыайыы 20 сыла», «Кыайыы 25 сыла», «»Кыайыы 30 сыла», «Ленин төрөөбүтэ 100 сааһа», «Сэбилэниилээх күүстэр 50 сыла», «Сэбилэниилээх күүстэр 60 сыла», бэлиэ значоктар. Дьокуускай куоракка буолбут Кыайыы 30 сылыгар аналлаах парад кыттыылааҕа.
Иванов Павел Алексеевич докуменнара уонна наҕараадалара Сунтаар улууһун Тойбохой нэһилиэгин кыраайы үөрэтэр музейыгар хараллан сытар.
3. Работа Колмогорова Тимура.
Мой прадед Охлопков Василий Иннокентьевич – связист.
Мой прадед родился в 1915 году в селе I Хомустаах в месте называемом Арыы-Кыынньарбыкка (с.Никольцы). В летнее время они жили на земле предков называемом «Түөһэй алааһа». Его предки были люди сильные, работящие и поэтому жили они не плохо. К тому времени, когда он достиг подросткового возраста гражданская война была окончена и началось объединение в колхозы. За его умение быстро и ловко браться за любое дело, колхоз отправил на курсы трактористов в с.Намцы, который окончил в 1933 г. За добросовестный и ударный труд получил звание «Стахановца». И в 1936 г. имел честь посетить 1 слёт стахановцев сельского хозяйства Якутской АССР. В скором времени стал работать бригадиром на родном колхозе “Хоҥордой”. И только жизнь на селе стала налаживаться, как началась Великая Отечественная война.
8 августа 1941 года его вызвали на фронт. Сначала проходил обучение в г.Чита, а потом перенаправлен в Подмосковье.
Но в скором времени перевезли в Ленинград в 429 отдельный батальон связи, где он перенес блокаду. Не щадя жизни под пули и взрыв снарядов, они тянули линию связи. Из его воспоминаний:
«Во время блокады сильно голодали. Есть было нечего. Однажды один мужчина, собиравший в поле промерзшую картошку, возможно, пожалев меня, положил за рубаху пару картофелин. На обратном пути к части была проверка, где у меня нашли картошку и хотели расстрелять. За меня вступился мой командир, и так я остался жив. Настолько была обстановка суровой во время блокады. …Когда устанавливали связь, после бомбёжки осколками попадало в ребят, и они висели на столбах вверх ногами, зацепившись «когтями».
Первой его боевой наградой была медаль «За оборону Ленинграда», которую получил в 1942 г. После блокады Ленинграда, где он получил контузию, его перевезли в г.Красноярск, где за ним ухаживали после долгих мук голода, холода и снова вернули в бой. Встретил Победу в 1945 г. в г.Рига. Домой возвратился 10 августа 1946 г. Награды которые он получил: «За боевую славу», «За храбрость», «За победу над Германией», «За победу над Японией», «За оборону Ленинграда» , «Отличник связи», Орден II степени ВОВ. После войны у него остались без матери двое сыновей. Он женился на моей прабабушке Валентине Ивановне. У них родилось 10 девочек и 3 сына. Вместе с его двумя сыновьями детей в семье было 15. Валентина Ивановна – мать героиня. Почетный гражданин Намского улуса, Ветеран тыла, многократный победитель соц.соревнований. Обладательница «Медали материнства” I, II степени, “Материнская слава” II, III степени.
4. Суздалов Леонтий үлэтэ. Мин хос эһэм Степан Спиридонович Суздалов – уот сэрии кыттыылааҕа.
Мин хос эьэм Степан Спиридонович 1942 с. бэс ыйыгар Армияҕа ыңырыллан барбыт. Иркутскайынан Челябинскайынан тимир суолунан айаннаабыттар. 1286 полкаҕа аҕыйах хонукка үѳрэппиттэр, ол үѳрэтэн баран алтынньыга 18-с хайыһар десантнай биригээдэҕэ ыыппыттар. Онтон атын чааска 1389 стрелковай полкаҕа стрелогунан кѳһѳрүллүбүт. Илмень күѳлгэ кимэн киириигэ улаханнык бааһыран госпитальга киирэр уонна 1944 с. саас дойдутугар тѳннүбүт. Онтон кини кыра быраата Николай Спиридонович эмиэ сэрии кыттыылааҕа. Кини бүлүмүѳтчүт үһү. Сталинград туһаайыытынан куотууга бүлүмүѳтүн соһон иһэн, икки атаҕын тоҕо тэптэрбит. Ону бииргэ сылдьар киһитэ тѳннѳн кэлэн талах тѳрдүгэр соспут. Ону: ,,Эн куот. Мин син биир ѳлѳбүн,, - диэбит. Куотуу кэмигэр, хайа эрэ оҥхойго сэрии кѳмтѳҕѳ. Онон бүлүмүѳтчүт бүлүмүѳтүн кытта ѳллѳҕѳ. Сэриигэ туттубут техникаҕын, сэрии сэбин хаалларыа суохтааххын диэн сокуоннара үһү. Ол курдук кини сураҕа суох сүппүтэ...
Дойдутугар кэлэн “Маай” колхоз суоччутунан кэлин биригэдьииринэн 25 сыл тохтоло суох үлэлээбит. Бѳтүҥҥэ дьиэ туттан кѳһѳн кэлэллэр. 1957 с. Бѳтүҥ депутатынан быыбарданан үлэлээбит, 1968 сылтан ССКП чилиэнэ.
Колхозка сүѳһү иитиититтэн ылыллар бородууксуйаны оҥорууга ситиспит кыайыыларын учуоттаан, РСФСР-га Социалистическай куоталаһыы ударнигын значогунан, норуот хаһаайыстыбатын Бүтүн Советскай Союзтааҕы быыстапкатын значогунан, үлэлиирин тухары элбэх бочуотунай грамоталарынан бэлиэтэммит. Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕын быһыытынан хас да мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Үлэтигэр ситиһиилэрин иһин Москваҕа ВДНХ быыстапкатыгар кыттыыны ылан кэлбит. Араас элбэх куораттарынан сылдьыбыт. «Ударник коммунистического труда» буолбут.
Биһиги хос эһэбитин дьон убаастаан, ытыктаан олорбут уулуссатыгар, аатын иҥэрбиттэрэ.
Кини олоҕун аргыһынаан Марфа Захаровналыын 9 оҕону тѳрѳтѳн, улаатыннаран, ыал оҥортоон, оҕолоро дьиэ-уот туттан оҕолонон, элбэх сиэннэнэн уруу-аймах тэниттилэр. Хос эһэм 1968 сыллаахха улэлии-хамсыы сылдьан, муус устар ыйга оһолго түбэһэн ѳлбүт. Сэрии үгүс ыал олоҕун огдолуппута. Биhиги эhэлэрбит, хос эhэлэрбит туhунан сырдык ѳйдѳбүлбүт кэлэр кѳлүѳнэлэр махталларыгар ѳрүү тыыннаах буолуохтаах.
5. Колмогоров Ганя үлэтэ. Мин эһэбинэн киэн туттабын.
Мин ийэм аҕатын аҕата, ол эбэтэр хос эһэм Семенов Иннокентий Петрович (норуокка биллибит аата Тоомуу) 1910 сыллаахха Аллараа Бэстээххэ Мэҥэ-Ханалас улууһугар төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүт 3 этилэр: кини ыал улахан оҕото эбит, онтон быраата Гаврил Казань куоракка олорбута, балта Уус-Майаҕа баран олохсуйбута.
Хос эһэм Иннокентий Петрович 1935 сыллаахха хос эбэбиниин Татьяна Николаевналыын ыал буолбуттар. Онтон 1941 сыллаахха хос эһэм Иннокентий Петрович сэриигэ барарыгар хос эбэм 2 оҕолоох уонна үһүс оҕотун оҕолоноору хаалбыт. 1941 сыллаахха бастакы хомуурга барбыт. Бастаан Иркутскай куоракка кавалерийскай куурустарга үөрэммит, онтон Ленинградскай фроҥҥа тиийбит. Кэлин 3-с Белорусскай фроҥҥа сэриилэспит. Ол сылдьан Кенинсберг, Прага куораттары босхолуурга кыттыбыт. Онтон Берлиҥҥэ тиийбит уонна кыайыы параадыгар кыттыбыт. Сэриигэ хаста да бааһырыы ылбыт: өттүгүн уҥуоҕун оскуолкаҕа үлтү тэптэрэн уҥа атаҕа арыый кылгас буолбут, эбиитин өссө контузияламмыт. Иннокентий Петрович сэрииттэн күһүн 1945 сыллаахха төннөн кэлбит.
Хорсунун иһин элбэх мэтээллээх, орденнаах эбит. Билигин ол наҕараадалара Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Наахара нэһилиэгин музейыгар бааллар. Сэрии кэнниттэн хос эһэм эбэбинээн Наахараҕа көһөн кэлэн олохсуйбуттар. Кинилэр 6 оҕоломмуттар: 1 кыыс уонна 5 уол. Ол уолаттартан биирдэстэрэ мин ийэм аҕата Гаврил Иннокентьевич буолар. Хос эһэм Николай Петрович сэрии кэнниттэн «Молотов», «Каганов» колхозтарга улэлээбит. Сайынын от оҕустарар, кыһынын Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһарга сылдьыбыт. Ол сылларга бастыҥ от оҕустарааччы аатын ылан «Кыым» хаһыакка тахсыбыт. Кэнники сылларга тутууга үлэлээбит. Ол саҕана саҥа начаалынай оскуоланы, спортсааланы уонна элбэх олорор дьиэлэри тутуспут. Майаҕа райком дьиэтин тутуутугар оройуон бастыҥ мас уустарын хомуйан туттарбыттар, ол иһигэр мин хос эһэм Иннокентий Петрович баар эбит. Кини өссө биир сөбүлүүр дьарыгынан ат баайар идэлээх эбит. Баайбыт аттара республика рекордсменнара буолбуттара диэн эһэм Гаврил Иннокентьевич кэпсиирэ. Мин хос эһэм Иннокентий Петрович Наахара нэһилиэгэ сайдарыгар элбэх өҥөлөөх киһи эбит дии саныыбын. Хос эһэм сүрдээх элэккэй, сымнаҕас майгылаах киһи эбитэ үһү. Үлэтигэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһара дииллэр абаҕаларым. Кни Наахара нэһилиэгин Бочуотун кинигэтигэр киирбит. Хос эһэм уоттаах сэрии туһунан кэпсиирин олох сөбүлээбэтэ үһү. Кылгастык кэпсээбитин ийэм абаҕатыттан Иннокентий Иннокентьевич Семеновтан истэн сурунан хаалбыта. Хос эһэм 1985 сыллаахха күһүн 75 сааһыгар ыалдьан өлбут. Баара буоллар билигин 105 саастаах буолуо этэ. Кини аатын ааттатар, олоҕун салгыыр 19 сиэннээх, 24 хос сиэннээх. Хос эһэм Иннокентий Петрович дойдутун дьоно иллээх-эйэлээх, дьоллоох олоххо олороллорун туһугар турууласпытынан киэн туттабын
6. Бурнашев Артур үлэтэ.
Хорсун буойун аата умнуллубат.
Хос эһээм Бурнашев Николай Андреевич А5а дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыта. Кини 1904 сыллаахха Нам улууһугар Көбөкөн нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кэргэннэнэн, оҕолонон дьоллоохтук олорон истэҕинэ, 38 сааһын туолбутун кэннэ 1942 сыл бэс ыйыгар сэриигэ ыҥырыллыбыта. Кыра уола баара-суоҕа үс саастааҕар сэриилэһэ барбыта. Начальнай кылаас үөрэхтээх этэ, ол гынан баран барыны-бары быһаарсар сытыы киһи этэ. Кини Ржевско-Вяземскай фронт састаабыгар киирэн сэриилэспитэ. Ржев куорат иһин кыргыһыыга улаханнык бааһырбыта. Хорсуннук сэриилэспитин иьин Николай Андреевич «За отвагу» медалынан бэлиэтэммитэ. Онтон инвалид буолан «комиссияланан» дьиэтигэр төннүбүтэ.
Ол кэлэн баран инвалидпын диэн олорботоҕо, үлэ үөһугэр түспүтэ. Төбөтүгэр ылбыт улахан эчэйиитэ суола-ииһэ суох хаалбатаҕа. Ыалдьан 60 сааһыгар 1964 сыллаахха өлбүтэ. Билигин Николай Андреевич биэс сиэннэриттэн мин аҕам, эһэтин аатын сүгэр Бурнашев Николай Николаевич Көбөкөҥҥө олорор. Улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга. Улахан сиэнэ Бурнашев Андрей Николаевич уһун дистанцияҕа сүүрүүгэ республикаҕа биллэр спортсмен. Улахан сиэнэ кыыс Лисачева Анна Николаевна интернат улэһитэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн далбар хотуна. Ити курдук хорсун буойун саллаат, мин хос эьээм Николай Андреевич Бурнашев олорбут олоҕо оҕолорунан, сиэннэринэн салҕанар. Үтүө киһи оҥорбут хорсун быһыыта үйэлэртэн үйэлэргэ ааттана туруо. Кини аатын сиэннэрэ, хос сиэннэрэ киэн тутта ааттыыбыт.
7. Работа Бочкарева Саши.
Кавалеры ордена «Славы» из Кобяконского наслега.
Бочуров Софрон Степанович
Кавалер ордена Славы и многих боевых медалей. Родился в Кобяконском наслеге Намского улуса. Был призван в войну, в июне 1942 года. Воевал в составе Юго-Западного фронта, Сталинградско – Житомирском ударном гвардейском корпусе, 13 батальона. В сражении за город Сталино был награжден орденом Славы 3 степени. После возвращения домой, работал в Кобяконском отделении совхоза им.М.К.Аммосова коневодом. Умер в 1984 году из-за осложнения полученных ранений в Великой Отечественной войне.
Колесов Афанасий Иосифович - 1
Кавалер ордена Славы и многих боевых медалей
Родился в Кобяконском наслеге в 1907 году. До войны работал в Намском районном заготовительном отделе. В войну призван в начале июля 1941 года. Сражался в составе Западного фронта. Участвовал в боях по освобождению городов Венев, Сталиногорск, Одоев. За отвагу и боевые заслуги награжден орденом Славы 3 степени. Умер по возвращению в 1972 году.
Кайгородов Игнатий Иннокентьевич
Кавалер ордена Славы и многих боевых медалей
Родился в Кобяконском наслеге в 1908 году. В войну призван в 1941 году. Сражался в составе Калининского фронта. В 1944 году был тяжело ранен, поэтому вернулся домой.
Работал председателем колхоза. Умер в 1975 году.
Иванов Прокопий Иннокентьевич
(1922-1979 г.г.)
Уроженец местности Арбын Кобяконского наслега. Рядовой, призван в 1942 году, демобилизовался по ранению в 1944г. Награжден орденом Славы 3 степени, медалью «За победу над Германией».
Жирков Яков Павлович
(1898-1972)
Уроженец местности Арбын Кобяконского наслега, рядовой, призван в 1942г., демобилизовался в 1946г., награжден медалью «За отвагу», «За боевые заслуги», «За освобождение Праги», «За взятие Берлина», «За победу над Германией».
Софронов Егор Иннокентьевич
(1920-1980)
Уроженец местности Арбын Кобяконского наслега, рядовой, призван в 1942г., демобилизовался в 1943г., награжден медалью «За боевые заслуги», «За победу над Германией».
Соловьев Илья Петрович
(1921-1998)
Уроженец местности Арбын Кобяконского наслега, младший сержант. Участник прорыва блокады Ленинграда. Награжден орденом Отечественной войны 1 степени, медалями «За боевые заслуги», «За оборону Советского Заполярья», «За победу над Германией». захоронен в г.Якутске.
8. Работа Потаповой Муси.
«Святые матери Победы из Кобяконского наслега» .
Потапова Ирина Ксенофонтовна - мать троих сыновей, братьев Потаповых, погибших на фронтах Великой Отечественной войны, Кобяконский наслег.
Потапов Дмитрий
Федорович – Куустээх Миитэрэй
1897-1942
До войны работал председателем колхоза «Коминтерн». В войну призван в июне 1942 года. Сражался в составе Белорусского фронта. Погиб в конце 1942 года при битве деревни Катубон Сталинской области.
Потапов Николай
Федорович – Боттойоон.
1905-1943
До войны работал в колхозе «Коминтерн». В войну призван одним из первых, в июне 1941 года. Сражался в составе Воронежского фронта.
Погиб в 1943 году, при сражениях за г.Гус-Хрустальный Владимирской области.
Потапов Гаврил
Федорович
1908-1943
До войны работал в колхозе «Коминтерн». В войну призван в 1941 году. Погиб в 1943 году в неравном бою за город Витебск Витебской области. Воевал в составе Белорусского фронта.
Колесова Анна Ивановна родилась в местности Мөлдьөгөй Кобяконского наслега. Вышла замуж за Егора Мухина, уроженца местности Чап Кобяконского наслега. Родили и вырастили пятерых детей. Из них трое сыновей Дмитрий, Никита, Николай были призваны в Великую Отечественную войну. Двое сыновей погибли на войне, вернулся один Николай. По возвращению Николай, пробыв немного в родных местах, переехал жить в г. Якутск.
Мухин Дмитрий Егорович (1904-1942 г.г.). До войны работал в колхозе «Коминтерн». Имел начальное образование, беспартийный. В войну был призван в 1943 году, попал на Украинский фронт. Был убит на сражениях Харьковского направления.
Мухин Никита Егорович (1917-1942 г.г.). Родился четвертым ребенком в семье Мухиных, уроженец местности Чап Кобяконского наслега. До войны работал в колхозе «Коминтерн». Имел начальное образование, беспартийный. Воевать против фашизма пошел в 1942 году. Сражался в составе Сталинградского фронта. Погиб в ноябре 1942 года.
Мухин Николай Егорович (1924-1972 г.г.).
Младший сын семьи Мухиных. Участвовал в войне против Японии.
9. Работа Бочкарева Саши. «Редкая фотография из семьи солдата».
Протопопов Иннокентий Васильевич
1919-1942
До войны был колхозником, член КПСС. Призван в июне 1942 года. Сражался в составе Сталинградского фронта. Погиб в боях за город Ростов, в 1942году.
Сидоров Гаврил
Егорович
4.08.1942- 11.11. 1942
До войны работал в читальной избе Кобяконского наслега.
Член ВЛКСМ. Призван в августе 1942г, сражался в составе Северо-Западного фронта. Погиб в декабре 1942г под Псковом.
Рехлясов Николай Павлович, уроженец Кобяконского наслега.
Родился в 1911 году, призван в сентябре 1941 года. Погиб 24 марта 1943 года. Захоронен в деревне Туровка Износкинского района Смоленской области.
Снимок сделан перед отправкой на фронт.
Уроженцы Кобяконского наслега перед отправкой на фронт
10. Муксунова Мичийээнэ «Редкая фотография из семьи солдата»
Таастаах нэьилиэгиттэн бастакы хомуурга ынырыллыбыттар