Школа » Презентации » Другие презентации » Новиков Владимир Михайлович - Күннүк Уурастыырап

Презентация - "Новиков Владимир Михайлович - Күннүк Уурастыырап"

0
15.05.24
На нашем сайте презентаций klass-uchebnik.com вы можете бесплатно ознакомиться с полной версией презентации "Новиков Владимир Михайлович - Күннүк Уурастыырап". Учебное пособие по дисциплине - Презентации / Другие презентации, от атора . Презентации нашего сайта - незаменимый инструмент для школьников, здесь они могут изучать и просматривать слайды презентаций прямо на сайте на вашем устройстве (IPhone, Android, PC) совершенно бесплатно, без необходимости регистрации и отправки СМС. Кроме того, у вас есть возможность скачать презентации на ваше устройство в формате PPT (PPTX).
Новиков Владимир Михайлович - Күннүк Уурастыырап 📚 Учебники, Презентации и Подготовка к Экзаменам для Школьников на Klass-Uchebnik.com

0
0
0

Поделиться презентацией "Новиков Владимир Михайлович - Күннүк Уурастыырап" в социальных сетях:

Просмотреть и скачать презентацию на тему "Новиков Владимир Михайлович - Күннүк Уурастыырап"

Владимир Михайлович
Новиков
Саха народнай поэта
Андросова Розалия Викторовна,
педагог-
1 слайд

Владимир Михайлович
Новиков
Саха народнай поэта
Андросова Розалия Викторовна,
педагог-библиотекарь
«МБОУ Мюрюнской юношеской гимназии
имени В.В. Алексеева»

Күн уотун сылааһа - куйааьа, күн күүһэ окко-маска иҥэрин кэриэтэ, тылга былыр-былыргыттан норуот кут
2 слайд

Күн уотун сылааһа - куйааьа, күн күүһэ окко-маска иҥэрин кэриэтэ, тылга былыр-былыргыттан норуот кута-сүрэ, өйө-санаата, норуот духовнай күүһэ иҥэн хаалбыт...
Поэт, суруйааччы бэйэтин төөрөөбүт тылын кыайа-хото тутан имитиэхтээх-иэҕиэхтээх, элбэхтик эрчиллиэхтээх, үгүстүк үлэлиэхтээх...
Итинник эрэйдээх, сыралаах түбүктээх үлэ түмүгэр эрэ уус-уран тыл дьиҥнээх ууһа, маастара буолуохха сөп!

(Күннүк Уурастыырап «Хатаппын саҕабын»)

Оҕо сааһа Саппыйа алааска ааспыта
1907 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр
Амма улууһун Эмис нэһилиэ
3 слайд

Оҕо сааһа Саппыйа алааска ааспыта
1907 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр
Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр төрөөбүтэ

1917 сыллаахха Абаҕа оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ.
1924 сыллаахха Эмис оскуолатын IV кылааһын бүт
4 слайд

1917 сыллаахха Абаҕа оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ.
1924 сыллаахха Эмис оскуолатын IV кылааһын бүтэрбитэ.
1924-25 сылларга Эмис нэһилиэгин Советын көмөлөһөөччү
суруксутунан үлэлээбитэ.
1925 сыллаахха Дьокуускайга Совпартшколаҕа үөрэнэ
киирбитэ. «Тимир чыычаах» диэн бастакы хоьоонун суруйбута.
1926 сыллаахха Дүпсүн уонна Мэҥэ улуустарыгар ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
1927 сыллаахха Иркутскай рабфагар үөрэнэ барбыта.
1942 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай институту
үөрэнэн бүтэрбитэ,
саха тылын уонна литературатын учууталын
идэтин ылбыта.

Бэчээккэ тахсыбыт
бастакы хоһооно
«Соҕотох хахыйах»

В
5 слайд

Бэчээккэ тахсыбыт
бастакы хоһооно
«Соҕотох хахыйах»

В. Агз-и-и псевдонимынан
«Чолбон» сурунаал 7¹-гэр
бэчээттэммитэ

Соҕотох хахыйах
Көстөрдөөх сирдэртэн тунаарар тардыылаах,
Көнньүөстүүр торҕолуу унаарар урсунн
6 слайд

Соҕотох хахыйах
Көстөрдөөх сирдэртэн тунаарар тардыылаах,
Көнньүөстүүр торҕолуу унаарар урсуннаах,
Күөгэйэр сирэм күөх сибэкки симэхтээх
Күтүрдүүр сыһыыкам чэлгиэрэн сытаахтыыр.

Үтүөкэн дойдукам өнөрдүүр үөһүгэр
Үүнээхтээн тураахтыыр үчүгэй бэйэлээх –
Сул-ньаассын туостардаах, суугунас тыастардаах
Солколоох-хампалаах соҕотох хахыйах...

Күннүк Уурастыырап айар үлэтэ 1925 с. саҕаламмыта. «Уһуктубут кыраайга» диэн 20-с сыллардаахха суруй
7 слайд

Күннүк Уурастыырап айар үлэтэ 1925 с. саҕаламмыта. «Уһуктубут кыраайга» диэн 20-с сыллардаахха суруйбут хоһооннорун хомуурунньуга 1932 с. бэчээттэммитэ. Бу кинигэ5э киирбит хоьооннор норуот ырыалара буолбуттара. Кини сахалыы, нууччалыы 30-тан тахса кинигэни бэчээттэппитэ. Поэмаларыттан “Коммунист Сэмэн” (1936 с.), “Ымыы уонна Налбыьах” (1961с.) ордук биьирэнэллэр.

«Учугэй уедуйээн», «Эйэ иьин», «Албан Килбиэн» пьесалардаах. «Былыргы дьыллар быыстарыгар» сэьэннээх
8 слайд

«Учугэй уедуйээн», «Эйэ иьин», «Албан Килбиэн» пьесалардаах. «Былыргы дьыллар быыстарыгар» сэьэннээх. Итини тэнэ о5олорго аналлаах хоьоон кинигэлэрдээх.

Күннүк Уурастыырап
тылбаасчыт А. Романовтыын
Күннүк Уурастыырап - талааннаах тылбаасчыт.

9 слайд

Күннүк Уурастыырап
тылбаасчыт А. Романовтыын
Күннүк Уурастыырап - талааннаах тылбаасчыт.
Кини А.С. Пушкин, Т.Г. Шевченко, Джамбул Джабаев, Микола Бажан
уонна да атын поэттар айымньыларын сахалыы саҥардыбыта.

Кыьыҥҥы суол
(А.С. Пушкинтан)
Долгун, будул туманнарга
Чомполонон, ый устар,
Санньы-куру
10 слайд

Кыьыҥҥы суол
(А.С. Пушкинтан)
Долгун, будул туманнарга
Чомполонон, ый устар,
Санньы-курус хонууларга,
Санааргыы, уотун кутар...
Сквозь волнистые туманы
Пробирается луна,
На печальные поляны
Льет печально свет она.

1937-39 сылларга
Екатерина Захарова Күннүк Уурастыырап
тылларыгар «Көлүкэчээн»,
«Уой да
11 слайд

1937-39 сылларга
Екатерина Захарова Күннүк Уурастыырап
тылларыгар «Көлүкэчээн»,
«Уой да уой», «Бырастыы, эн, Кавказ»,
«Кэҕэ», «Түүл» ырыалары айбыта

«Сырдык күммүт тыкпыт»
«Кэҕэ»
«Похуот»
«Дуня»
«Сааскыга»
«Күөх нуоҕай мутукча»
«Көлүкэчээн»
«Үрүмэччи маҥан ат»
«Долгунча»
«Дьикти сэмэй Кууһума»
Ырыа буолбут хоһоонноро

П.А. Ойуунускайга

Эн, аҥар илиигэр кырыылаах ыстыыктаах,
Аҥаргар – суруйар харандаас тайыы
12 слайд

П.А. Ойуунускайга

Эн, аҥар илиигэр кырыылаах ыстыыктаах,
Аҥаргар – суруйар харандаас тайыылаах,
Сарбыһар-дапсыһар саталаах-буурҕалаах
Охсуһуу уотугар ыҥырар ырыалаах...
Дьон-норуот иннигэр турбутуҥ,
Дьол-соргу туһугар туойбутуҥ.
Владимир Михайлович
Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа, Ойуунускай талааннарыгар сүгүрүйэрэ, кинилэртэн элбэххэ үөрэммитэ

Владимир Михайлович Новиков олоҥхону уонна тойугу
үрдүк таһымнаахтык толороро.
«Нуоҕалдьын к
13 слайд

Владимир Михайлович Новиков олоҥхону уонна тойугу
үрдүк таһымнаахтык толороро.
«Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр»
олоҥхото 1941 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыта

Сэрии саҕана үрдүк күүрүүлээх патриотическай хоһооннорун хомуурунньугар киирбит «Хотугу кустук» диэн
14 слайд

Сэрии саҕана үрдүк күүрүүлээх патриотическай хоһооннорун хомуурунньугар киирбит «Хотугу кустук» диэн Советскай Союз Геройа Федор Попов хорсун быһыытыгар анаммыт поэмата улахан билиниини ылбыта.
Фёдор Кузьмич Попов
8.12.1921 - 10.10.1943
Советскай Союз Геройа

Тиийдиннэр эһиэхэ
Тиийдиннэр эһиэхэ бу ырыа тыллара,
Дьиктилээх саас ийэ кыталык кыылыныы,

15 слайд

Тиийдиннэр эһиэхэ
Тиийдиннэр эһиэхэ бу ырыа тыллара,
Дьиктилээх саас ийэ кыталык кыылыныы,
Кэриэстиир алааскыт киэркэйбит тыаларын
Киистэлээх күөхтэрэ тыалырар тыаһыныы.

Элиэнэ эбэбит дьалкыллар бааллара
Эһиэхэ даҕаны эҥсиллэр бааллара...
Эмискэ бу сэрии тэргэнэ күүрбүтэ,
Этиҥнээх сата тыал сабыта сүүрбүтэ.

Хотуттан, онуоха, эһиги турбуккут,
Хотуулаах охсуулаах болоту туппуккут.
Кыргыһыҥ, сахалар, оргуйар уоҕунан,
Кыйдаһыҥ немеһи кытыастар уотунан!
Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр

Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр  тахсыбыт кинигэлэрэ; «Сэрии куннэригэр» - хоьооннор (1943с.), «Сэри
16 слайд

Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр тахсыбыт кинигэлэрэ; «Сэрии куннэригэр» - хоьооннор (1943с.), «Сэрии уонна сэрииьит» -поэма(1944 с.), "Учугэй Уедуйээн"-хоьоонунан суруллубут драма (1944 с.)

Владимир Михайлович
кэргэнинээн
Надежда Гаврильевналыын

17 слайд

Владимир Михайлович
кэргэнинээн
Надежда Гаврильевналыын

Доҕоруом, эн баар буола²²ын,
Мин ыал буолан олоробун.
Миэхэ суоҕу эн булаҥҥын
Итэҕэспин тол
18 слайд

Доҕоруом, эн баар буола²²ын,
Мин ыал буолан олоробун.
Миэхэ суоҕу эн булаҥҥын
Итэҕэспин толороҕун.

Үөрэхтээх дьоннор ыйаллар
Ый күн уотунан сырдыырын,
Тапсар сүрэхтэр таайаллар
Таптал олоҕу кыымныырын.
Кэргэммэр Надяҕа

1938 с.ССРС суруйааччыларын Союһун чилиэнэ
1947 с. «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээлинэн
наҕаарад
19 слайд

1938 с.ССРС суруйааччыларын Союһун чилиэнэ
1947 с. «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээлинэн
наҕаарадаламмыта
1957 с. «Үлэ Кы´һыл Знамята» орденынан
наҕараадаламмыта
1967 с. Саха АССР народнай поэтын аата иҥэриллибитэ
1967 с. «Бочуот Знага» орденынан наҕараадаламмыта
1969 с. «Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданина»
үрдүк аат иҥэриллибитэ
1977 с. «Норуоттар доҕордоһуулара» орденынан
наҕарадааламмыта
1982 с. Саха АССР Верховнай Советын Почетнай
грамотатынан наҕараадаламмыта

Куннук Уурастыырап поэт, суруйааччы быhыытынан эрэ биллибэт, ону таhынан саахымаччыт этэ. Республика
20 слайд

Куннук Уурастыырап поэт, суруйааччы быhыытынан эрэ биллибэт, ону таhынан саахымаччыт этэ. Республика5а биллэр-кестер куустээх оонньооччу этэ. Ону таhынан, саха киhитин угэhинэн, айыл5а5а сылдьарын, сааланарын олус таптыыра.

1990 с. муус устар ый 30 күнүгэр ыарахан ыарыыттан өлбүтэ
Владимир Михайлович Новиков –
Күннү
21 слайд

1990 с. муус устар ый 30 күнүгэр ыарахан ыарыыттан өлбүтэ
Владимир Михайлович Новиков –
Күннүк Уурастыырап

Владимир Михайлович Новиков –
Куннук Уурастыырап
оло5о уонна айар улэтэ.
Викторина

22 слайд

Владимир Михайлович Новиков –
Куннук Уурастыырап
оло5о уонна айар улэтэ.
Викторина

Боппуруостар.

23 слайд

Боппуруостар.

1. Поэт тереебут кунэ-дьыла.

24 слайд

1. Поэт тереебут кунэ-дьыла.

2. Куннук Уурастыырап тереебут дойдута.

25 слайд

2. Куннук Уурастыырап тереебут дойдута.

3. Владимир Михайлович теруурун кытта ус ыйынан а5ата елбут, иккитин диэки ийэтэ сана кэргэннэнэн, у
26 слайд

3. Владимир Михайлович теруурун кытта ус ыйынан а5ата елбут, иккитин диэки ийэтэ сана кэргэннэнэн, уолун кырдьа5ас эьэлээх эбэтигэр хаалларан, атын нэьилиэккэ кеспут. Билбэт киьи омнуолуу саныан сеп. Ол гынан баран, ол туспа биричиинэлээх эбит. Туох?

4.    Урукку кэм о5олоро бары кэриэтэ хойутаан оскуола5а киирэллэрэ. Куннук Уурастыырап хас саастаа5
27 слайд

4. Урукку кэм о5олоро бары кэриэтэ хойутаан оскуола5а киирэллэрэ. Куннук Уурастыырап хас саастаа5ар оскуола боруогун атыллаабытый?

5. Ол кэннитттэн ханнык уерэх тэрилтэлэригэр уерэммитий?

28 слайд

5. Ол кэннитттэн ханнык уерэх тэрилтэлэригэр уерэммитий?

6. Куннук Уурастыырап дьонун сайылыгын аата.

29 слайд

6. Куннук Уурастыырап дьонун сайылыгын аата.

7.  Бэчээккэ тахсыбыт бастакы айымньыта .

30 слайд

7. Бэчээккэ тахсыбыт бастакы айымньыта .

8. Бастакы кинигэтэ.

31 слайд

8. Бастакы кинигэтэ.

9. Куннук Уурастыырап "оскуола оностон уерэммит олонхоьута" кимий?

32 слайд

9. Куннук Уурастыырап "оскуола оностон уерэммит олонхоьута" кимий?

10. А5а дойду сэриитин кэмигэр тахсыбыт кинигэлэрэ.

33 слайд

10. А5а дойду сэриитин кэмигэр тахсыбыт кинигэлэрэ.

11. Куннук Уурастыырап бастаан ылыммыт псевдонима.

34 слайд

11. Куннук Уурастыырап бастаан ылыммыт псевдонима.

12. «Хотугу кустук» поэма кимиэхэ анаммытай?

35 слайд

12. «Хотугу кустук» поэма кимиэхэ анаммытай?

13. Владимир Михайлович спортивнай оонньуулар ханнык керуннэригэр куорат уонна респубдика чемпиона б
36 слайд

13. Владимир Михайлович спортивнай оонньуулар ханнык керуннэригэр куорат уонна респубдика чемпиона буола сылдьыбытай?

Эпп:1907с., ыам ыйын 9 кунэ
1

37 слайд

Эпп:1907с., ыам ыйын 9 кунэ
1

Эпп: Амма улууьун Эмис нэьилиэгэ.
2

38 слайд

Эпп: Амма улууьун Эмис нэьилиэгэ.
2

3. Эпп: Былыргы саха угэьинэн, атын сиргэ кеьер ийэ5э уол о5ону биэрэн ыыппаттар эбит. Уол о5о, етех
39 слайд

3. Эпп: Былыргы саха угэьинэн, атын сиргэ кеьер ийэ5э уол о5ону биэрэн ыыппаттар эбит. Уол о5о, етех тенургэьинэн ааттанан, дойдутугар хаалыахтаах. Кыыьы илдьэ барара кенул.
3

Эпп:1917 с., 10 саастаа5ар.
4

40 слайд

Эпп:1917 с., 10 саастаа5ар.
4

1925 сыллаахха Дьокуускайга Совпартшколаҕа үөрэнэ киирбитэ.

1927 сыллаахха Иркутскай рабфагар
41 слайд

1925 сыллаахха Дьокуускайга Совпартшколаҕа үөрэнэ киирбитэ.

1927 сыллаахха Иркутскай рабфагар үөрэнэ барбыта

1942 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай институту үөрэнэн бүтэрбитэ
5

Оҕо сааһа Саппыйа алааска ааспыта
6

42 слайд

Оҕо сааһа Саппыйа алааска ааспыта
6

7. Бэчээккэ тахсыбыт
бастакы хоһооно
«Соҕотох хахыйах»

<b
43 слайд

7. Бэчээккэ тахсыбыт
бастакы хоһооно
«Соҕотох хахыйах»

В. Агз-и-и псевдонимынан
«Чолбон» сурунаал 7¹-гэр
бэчээттэммитэ

8. "Уьуктубут кыраайга", 1932 с.

44 слайд

8. "Уьуктубут кыраайга", 1932 с.

9. Аатырбыт олонхоьут Захаров Тимофей Васильевич-Чээбий.

45 слайд

9. Аатырбыт олонхоьут Захаров Тимофей Васильевич-Чээбий.

10. "Сэрии куннэригэр"-хоьооннор (1943с.), "Сэрии уонна сэрииьит"-поэма (1944 с.
46 слайд

10. "Сэрии куннэригэр"-хоьооннор (1943с.), "Сэрии уонна сэрииьит"-поэма (1944 с.), "Учугэй Уедуйээн"-хоьоонунан суруллубут драма (1944 с.)

"В. Аг-зи-и-и!".

47 слайд

"В. Аг-зи-и-и!".

Фёдор Кузьмич Поповка
8.12.1921 - 10.10.1943
Советскай Союз Геройа

48 слайд

Фёдор Кузьмич Поповка
8.12.1921 - 10.10.1943
Советскай Союз Геройа

Саахымат

49 слайд

Саахымат

Маладьыастар

50 слайд

Маладьыастар

Комментарии (0) к презентации "Новиков Владимир Михайлович - Күннүк Уурастыырап"