Школа » Презентации » Другие презентации » Презентация по родному языку на тему "Төлкө" (11класс)

Презентация - "Презентация по родному языку на тему "Төлкө" (11класс)"

0
14.02.23
На нашем сайте презентаций klass-uchebnik.com вы можете бесплатно ознакомиться с полной версией презентации "Презентация по родному языку на тему "Төлкө" (11класс)". Учебное пособие по дисциплине - Презентации / Другие презентации, от атора . Презентации нашего сайта - незаменимый инструмент для школьников, здесь они могут изучать и просматривать слайды презентаций прямо на сайте на вашем устройстве (IPhone, Android, PC) совершенно бесплатно, без необходимости регистрации и отправки СМС. Кроме того, у вас есть возможность скачать презентации на ваше устройство в формате PPT (PPTX).
Презентация по родному языку на тему "Төлкө" (11класс) 📚 Учебники, Презентации и Подготовка к Экзаменам для Школьников на Klass-Uchebnik.com

0
0
0

Поделиться презентацией "Презентация по родному языку на тему "Төлкө" (11класс)" в социальных сетях:

Просмотреть и скачать презентацию на тему "Презентация по родному языку на тему "Төлкө" (11класс)"

Төлкө (арамаан) — Саха норуодунай суруйааччыта Николай Якутскай XIX уонна XX үйэлэр кирбиилэригэр Са
1 слайд

Төлкө (арамаан) — Саха норуодунай суруйааччыта Николай Якутскай XIX уонна XX үйэлэр кирбиилэригэр Саха сиригэр буолбут тыҥааһыннаах быһыыны-майгыны ойуулаан суруйбут арамаана.
Арамаан суруллуута
1940-с сыллар иккис аҥаардарыгар Николай Якутскай арамаан курдук проза уустук уонна бөдөҥ жанрыгар ылсыбыта. Суруйааччы өр сыллаах үлэтин түмүгэр "Төлкө" диэн ааттаах трилогия (1947-1964) суруллубута. Саха норуотун олоҕун тосту уларыйар кэмин, норуот уонна киһи дьылҕатын көрдөрөр бу бөдөҥ айымньыны чинчийээччилэр эпопея-арамааҥҥа киллэрэллэр. Арамаан киэҥ кэми, элбэх буолан ааспыт событиелары хабан көрдөрөр, оччотооҕу саха дьонун олоҕун-дьаһаҕын, дьылҕатын сиһилии көрдөрөр историческай хабааннаах арамаан буолар. Николай Якутскай бу айымньытыгар норуот сэһэннэрин, үһүйээннэрин тоҕоостоохтук туһанар. Ол курдук Орто Бүлүү кулубатын Харатаайап кыыһын туһунан Саха сирин араас муннуктарыгар тарҕаммыт норуот сэһэнин туһаммыта биллэр.
Сүрүн дьоруойдара
Арамаан сүрүн дьоруойдара Маайа уонна Сүөдэр буолаллар.
Маайа - Орто Бүлүү кулубатын Харатаайап баар-суох соҕотох кыыһа.
Сүөдэр - Нам Дьаакыбылап кулуба хамначчыта, сылгыһыт уол.

Арамаан чаастара
I кинигэтэ "Хараҥа түүн"
Бастакы кинигэҕэ Орто Бүлүү кулубатын Хара
2 слайд

Арамаан чаастара
I кинигэтэ "Хараҥа түүн"
Бастакы кинигэҕэ Орто Бүлүү кулубатын Харатаайап кыыһа Маайа уонна хамначчыт, сылгыһыт Сүөдэр бэйэ-бэйэлэрин таптаһан, турар бэйэлэрэ тахсан баралларын туһунан бэрт кэрэхсэбиллээхтик суруллар.

II кинигэтэ "Халлаан сырдыыта"
Иккис кинигэтигэр Маайалаах Сүөдэр Бодойбо бириискэлэригэр тиийэн дьол-соргу тардыһалларын ойуулуур. Бу манна 1912 сыллаахха буолбут Ленатааҕы событиелар, үлэһит кылаас ыраахтааҕы былааһын утары турбут маҥнайгы хабыр киирсиитэ сиһилии ойууланар.

III кинигэтэ "Күн тахсыыта"
Үһүс кинигэҕэ революция уонна гражданскай сэрии сылларыгар саха норуота бэйэтин көҥүлүн иһин охсуһуута, саха советскай автономията олохтонуута сүрүн миэстэни ылаллар.

3 слайд

4 слайд

5 слайд

“Таптаатыҥ да тайахтааҕы, сөбүлээтиҥ да сүгэһэрдээҕи кытары.... Таптал күүһэ. Маайа Харатаайаба дьыл
6 слайд

“Таптаатыҥ да тайахтааҕы, сөбүлээтиҥ да сүгэһэрдээҕи кытары.... Таптал күүһэ. Маайа Харатаайаба дьылҕатынан.”

Оонньуу:
Сорудах: Таптал туһунан өс хоһооннору, кынаттаах тыллары сааһылаа, таай.
Өс хоһоонноро:
талытап Һики батбул, талтап этэйэб ларбу
тталап ахрахах бара
латпат Һысаа мэтлимби
Таатапхытахна тааҕыйахта һыаҥтыба
Тантыыртап рахах рахапат
Талтап байылтаатахлы рынбытаа
Талтап – эхсүр иэтэйии
Ааспыт уруокка аахпыт быһа тардыыларын тургутар боппуруостары биэрии:

1.Мааппа төрдө-ууһа, дьоҥҥо сыһыана?

2. Дьаакыбылап кулуба тоҕо Харатаайаптаахха өстүйдэ?
3. Ол өстүйбүтүн тугунан ситистэ?

Пааранан үлэлииллэригэр араас ситуациялары биэрии.

1. Арай Маайа Сылластыгас Сүөдэргэ кэргэн
7 слайд

Пааранан үлэлииллэригэр араас ситуациялары биэрии.

1. Арай Маайа Сылластыгас Сүөдэргэ кэргэн тахсыбыт буоллун, хайдах олохтонуо этэй?

2. Арай Маайа дьүһүнүнэн киһи соччо сэҥээрбэт, бүрэ баҕайы дьүһүннээх кыыс эбитэ буоллар, арасс улуустан, ыраахтан-чугастан кинини кэргэн кэпсэтиэ кэлиэ этилэр дуо?

3. Маайа Сүөдэр кэллэ-кэлээт « Мин дьадаҥы уолабын, биир да баайым суох, Дьаакыбылап хамначчытабын,”- диэбитэ буоллар кэргэн тахсарга сөбүлэһиэ этэ дуо?

4. Сүөдэр арай Маайаҕа кэлбэтэх буоллун? Хайдах олохтонуо этилэрий?

Тургутук боппуруостары биэрии:
1.Дьиҥнээх таптал күүһэ бу айымньыга туохха көстөрүй?

2.Маайа уонна Сүөдэр бииргэ буолар санааларын төһө биһирээтин?

3.Таптал наар чэпчэкитик бэриллиэн сөп эбит дуо?

Дьиэтээҕи үлэ: айар үлэ «Арай мин тапталбын көрүстэхпинэ...».

8 слайд

9 слайд

10 слайд

11 слайд

12 слайд

13 слайд

Эһиги эһэлэргит, эбэлэргит кэминээҕи дьон тапталга сыһыаннара билиҥҥи аныгы ыччат сыһыанытта
14 слайд

Эһиги эһэлэргит, эбэлэргит кэминээҕи дьон тапталга сыһыаннара билиҥҥи аныгы ыччат сыһыаныттан уратылаах дуо уратытын туохха көрөҕүтүй?

Аҕа көлүөнэ дьон, орто саастаах уонна билиҥҥи дьон, аныгы ыччат таптал туһунан өйдөбүллэрэ, сыһыаннара биир дуу, уратылаһар дуу?

Кэргэннии дьон сыһыаныгар билигин туох уларыйда? (фиктивный, гражданский сыһыанынан олоруу туохха тириэрдиэхтэрин сөбүй?Ити көстүү саха ыалын олоҕор тоҕо, хантан кэллэ?

Бу арамааҥҥа саха киһитин төрүт майгыта көстөр дуо?

Саха киһитэ атын омук дьонуттан тапталга сыһыана уратылаах дуо?

Саха киһитэ атын омук дьонуттан тапталга сыһыана уратытын туохха көрдүгүтүй?

Саха киһитэ тапталын иэйиитин олус сэмэйдик, истиҥник тутан, ыспакка – тохпокко, улаханнык саҥарбакка, харыстаан илдьэ сылдьар идэлээх.

Айымньыны билиҥҥи олоҕу кытта сибээстээтэххэ…

Комментарии (0) к презентации "Презентация по родному языку на тему "Төлкө" (11класс)"